Саха сирин маастардара «Лукоморье» Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ гран-при бирииһин ыллылар. Кырадаһынынан тигии бэстибээлэ бэс ыйын 29-от ыйын 1 күннэригэр Ленинградскай уобалас Гатчина куоратыгар буолла.
Хаартыска: «Симэх» киин.
«Лукоморье» бэстибээл Гатчинаҕа 2005 сылтан ыытыллар. Быйыл Арассыыйа, Беларусь 25 куоратыттан 170-тан тахса маастардары түмтэ. Кинилэр бары кырадаһын лоскуйунан тигэллэр, кэрэ айымньылары айан, оҥорон таһаараллар. Бу кырадаһынтан тигии араас ньымалардаах, тиэхиникэлэрдээх буолар. Холобур, саха ииһин уратыта — кыбытык тигии.
Бэстибээлгэ киирбит үлэлэри үрдүк кылаастаах дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр, онно Арассыыйа худуоһунньуктарын уонна дизайнердарын сойуустарын чилиэннэрэ, худуоһунньуктар, таҥаһы чинчийэр искусствоведтар киирэллэр.
Кинилэр ааптар ураты ньыматын, өҥү-дьүһүнү дьүөрэлиирин, тиэмэтин арыйарын, интэриэһинэй көрүүтүн, маастарыстыбатын, төрүт үгэстэри сайыннарыыны — барытын көрөллөр, сыаналыыллар.
Онон дьэ, «Лукоморье» бэстибээл саамай үрдүк наҕараадатын — гран-при бирииһин Саха сириттэн «Үктэл» айар түмсүүгэ (салайааччы Жиркова Людмила Петровна) анаатылар! Дьэ, бу 170 идэтийбит маастардары кыайыы диэн улахан ситиһии буолар. Манна иистэнньэҥнэрбит үрдүк маастарыстыбалара уонна өбүгэлэрбит мындыр ньымалара төрүт уурдахтара.
Оттон Людмила Жиркова сахалыы кыбытык тигиигэ маастар-кылааһы ыыппытын, маастардар олус сэргээтилэр. Маастар-кылааска барыта 24 киһи сырытта.
Оттон дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ куонкуруска киирбит сүүстэн тахса үлэ уратытын, ымпыгын-чымпыгын ырытан кэпсээтилэр. Чахчы да, олус кэрэ, мындыр үлэлэр бааллар. Бу биһиги дойдубутугар олорор норуоттар култуурунай баайдара буолар.