Саха сирин баһылыга Егор Борисов салайааччылаах делегация Хабаровскай кыраайга үлэлээтэ. Бу оробуочай сырыы түмүгүнэн атыы-экономика, научнай-техническэй, култуура уонна социальнай эйгэлэргэ эрдэ түһэрсиллибит дуогабар иһинэн ыытыллар тэрээһиннэри былааннаатылар уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов Хабаровскай кыраай губернатора Вячеслав Шпорт докумуоннарга илии баттаатылар. Дуогабар 2020 сылга диэри болдьохтоох.
Саха сириттэн тиийбит делегация Ленин аатынан балыгы астыыр колхуоска, Охотскай оройуон Булгин сэлиэнньэтигэр кыраайы үөрэтэр музейга сырыттылар.
Саха сирин делегациятын састаабыгар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы — экономика миниистирэ Алексей Стручков, вице-премье э.т. — өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Юрий Куприянов, Государственнай Мунньах (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, федеративнай сыһыан уонна тас сибээс миниистирэ Владимир Васильев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров, Арктика дьыалаларыгар госкэмитиэт салайааччыта Алексей Киселев, Өлүөнэ өрүс холбоһуктаах пуордун генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионов, Өймөкөөн, Уус-Маайа оройуоннарын баһылыктара Михаил Захаров уонна Юрий Боярскай сырыттылар.