Бу сайын Чурапчы улууһугар аан бастакытын 65 саастарын ааспыт дьоҥҥо чэбдигирдии, сынньалаҥ лааҕыра үлэлиэ. Бу туһунан Үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтэ «Эр киһи доруобуйата уонна Хоту уһун үйэлэнии» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи форумҥа иһитиннэрдэ.
Миниистири бастакы солбуйааччы Иван Алексеев чэбдигирдии, сынньалаҥ лааҕыра от ыйыгар Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун базатыгар бастакытын тэриллэрин эттэ. Лааҕырга 65 саастарын туолбут, коронавирустан быһыыны ылбыт дьон сынньаныахтара.