Саха сиригэр сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ 3,3 тыһыынчаттан тахса биир кэмнээх уонна үбүнэн көмө оҥоһулунна. Уопсай суума 150 мөл солк. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников салайааччылаах тустаах мунньахха этилиннэ.
Биир кэмнээх материальнай көмө 1937 киһиэхэ оҥоһулунна, уопсайа 19,37 мөл солк, бастакылаан туттар тэриллэрэ суох хаалбыт 1429 киһиэхэ уопсайа 149,22 мөл солк үп бэрилиннэ.
Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар сайабылыанньа тутуута түмүктэннэ, ити эрээри докумуону көрүү салҕанан бара турар. Төлөбүрдэр суумалара Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан улааппыта.
Материальнай көмө кээмэйэ индексация кэнниттэн 10 тыһыынча солк, үбүнэн көмө – 100 тыһ солк диэри (50 тыһ солк – быстах сүтэриигэ, 100 тыһ солк – толору сүтэриигэ).
Сааскы халаан уута Саха сиригэр оҥорбут хорумньута 2,7 млрд солк.