Өрөспүүбүлүкэ 264 млрд солк. дохуотун учуоттаан эһиилги бүддьүөтү тыырдылар. Маннык суумманы эрдэ көрө илик этилэр, онуоха норуот депутаттара пленарнай мунньахха харчы бары эйгэҕэ сөп түбэһэрдии тыырыллан анаммытын бэлиэтээтилэр. 2022 сыллааҕы бүддьүөтү, уонна 2023-2024 сс. былааны, регион парламенын пленарнай мунньаҕар сэтинньи 30 күнүгэр ылыннылар, диэн СИА кэпсиир.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев кэлэр сыллар бүддьүөттэрэ ураты буоларын бэлиэтээтэ, бэйэбит нолуоктаах уонна нолуога суох дохуотпут кээмэйэ 151 млрд солк. кэриҥэ буолла: «Биһиэхэ итинник дохуот хаһан да суох этэ. Билигин бэйэбит оҥорон таһаарар дохуоппут кээмэйинэн дойду уон бастыҥ регионун ахсааныгар киирдибит, бу аата биһиги саҥа таһымҥа таҕыстыбыт. Федеральнай бүддьүөттэн киирэр дотация, субвенция, субсидия көмөлөрүн кээмэйэ — 114 млрд буолла, бу биһигини өйүүллэрин туоһулуур«.
2022 сылга, бүддьүөт сокуонунан, 264, 535,8 мөл солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. 2023 сылга – 259 773,5 мөл, 2024 сылга – 259 773,5 мөл солкуобай буолуоҕа. Нолуоктан уонна атынтан киирэр дохуот 151 305,9 мөл солк буолуо диэн сылыктанар. Көмө быһыытынан 113 229,8 мөл харчы киириэ диэн былааннанар.
Сокуон барылын иккис ааҕыытын чэрчитинэн, бүддьүөт сүрүн сокуонун дохуоттаах чааһын көрдөрүүтэ 32 292,0 мөл солкуобайынан үрдээбитин чопчулаатылар. Ол иһигэр нолуоктан уонна атын сиртэн киирэр дохуот – 13 007,3 мөл солкуобайынан, бүддьүөккэ көмө курдук кэлэр үбүлээһин – 19 284,7 мөл солкуобайынан үрдээтэ. Онон нолуоктаах дохуот харчыта 132 627,2 мөл. тэҥнэһиэҕэ.
«Мин парламенҥа үлэлиэхпиттэн бүддьүөтү ылынар тохсус мунньахпар сылдьабын. Маннык кээмэйдээх бүддьүөтү ылыммыппыт мин өйбөр суох. Ол иһин өрөспүүбүлүкэ баһылыгар уонна бырабыыталыстабаҕа махталбыт улахан. Федеральнай киини кытта конструктивнай уонна сыралаах үлэбит түмүгүнэн субвенция уонна субсидия быһыытынан 114 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн анаатылар, бу Арассыыйа үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүү», — диэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр сүрүн дохуоту тэрилтэлэр киллэрэллэр (54 682 мөл), көннөрү үлэһиттэр (29 261,4 мөл), сир анныттан хостонор туһалаах баайтан (20 250,3 мөл), тэрилтэлэр баайдарыттан-дуолларыттан (18 742 мөл). Нолуога суох дохуот суумата 18 678,8 мөл солк.
Бүддьүөт социальнай хайысхатын хаалларыаҕа. Социальнай бэлиитикэҕэ, үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, култуураҕа, спортка барыта 132,9 млрд солкуобай көрүллүөҕэ, ол бүддьүөт 49,7 % тэҥнэһэр.