Томпо улууһун бааһынай хаһаайыстыбалара Граннарга көхтөөхтүк кыттар буоллулар. Ол курдук былырыын үс Граны ылбыт буоллахтарына, быйыл аҕыс Гранҥа тигистилэр.
2015 сылга «Дьиэ кэргэнинэн сүөһү иитиитигэр үлэлээһин» бырагырааманан 6 мөлүйүөн солкуобайдаах Граны икки бааһынай хаһаайыстыба ылбыта: Байаҕантай нэһилиэгэр «Силээн» (Атаков Сергей) уонна Мэҥэ Алдаҥҥа «Чэчир» (Сыромятников Егор).
«Саҥа саҕалыыр фермер» бырагырааманан 1,5 мөлүйүөн солкуобайдаах Граны Охотскай Перевозтан Благинин Михаил бааһынай хаһаайыстыбата хортуоппуйу үүннэриигэ ылбыта.
2016 сылга Кириэс Халдьаайы, Мэҥэ Алдан, Кэскил, Сайдыы, Тополинай, Ударник сэлиэнньэлэриттэн уонна Хаандыга бөһүөлэгиттэн 13 киһи «Саҥа саҕалыыр фермер» бырагырааманан бизнес-былааннарын Дьокуускай куоракка киирэн көмүскээтилэр. Кинилэртэн аҕыс киһи Гранҥа тигистилэр.
Тополинайтан икки ыал Гранҥа кыттан ылар буоллулар. Кинилэр таба иитиитин сайыннарар санаалаахтар.
Кириэс Халдьаайыга, Ударникка түөрт киһи сүөһү иитиитинэн дьарыктаныа, оттон Александр Тополин сибиинньэ иитиэ, онно анаан хотон туттуо. Кэскил сэлиэнньэтэ улуус кииниттэн чугас, кыһыннары-сайыннары массыына суоллаах сиргэ баар, улуус салалтата өйүүргэ бэлэм эрээри, ким да үчүгэйдик хаһаайыстыба оҥостон дьарыктаммат. Арай быйыл соҕотоҕун Гранҥа кыттан кыайбыт Иннокентий Берзюков хотон туттан сүөһү иитэр баҕалаах.