22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саҥа рейстар: Дьокуускай аэропордугар ВПП оҥоһуутун биир түһүмэҕэ бүттэ

Фото: Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай аэроподугар сөмөлүөт көтөр-олорор балаһатын оҥоруу биир түһүмэҕэ бүттэ. Бэс ыйын 16 күнүттэн үлэлии турбут 1650 м балаһа 1800 м диэри уһаата, онон орто магистраллаах көтөр ааллар сырыылара саҕаланыаҕа.

Ол туһунан вокзал пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бэс ыйын 17 күнүттэн «Уральские авиалинии» АХ Airbus A320neo суудунанан Екатеринбурга диэри нэдиэлэҕэ түөрт рейс оҥоруоҕа. «Якутия» АХ Сибиир уонна Уһук Илин куораттарыгар SSJ 100-нан көтүүлэри саҕалыаҕа. Маны сэргэ Москваҕа Нижневартовскайга уонна Санкт-Петербурга Екатеринбурынан, Сочига уонна Минеральные Водыга Москванан тохтобуллаан көтүөхтэрэ.

S7 авиахампаанньа күн аайы Новосибирск, Иркутск уонна нэдиэлэҕэ түөртэ Владивостокка Airbus A320neo уонна Embraer-170 LR сөмөлүөттэринэн көтөллөр. Маны сэргэ, Дьокуускай – Харбин хайысханан «Якутия» көтүүнү сөргүтэр былааннаах, «КрасАвиа» АХ Красноярскайга көтөр.

Бэлиэтииллэринэн, ис көтүүлэргэ балаһа оруолу оонньообот.

Ыам ыйын 15 — бэс ыйын 15 күннэригэр киин куорат аэропордугар ВПП сезоннай холбуур пандус оҥоһулунна, цеменинэн бүрүлүннэ. Сөмөлүөт эргийэр былаһааккатын иэнэ кэҥэтилиннэ. Аэродромҥа ыраастыыр тэриллэр хас да сиргэ туруорулуннулар, патрульнай суол уонна олбуор өрөмүөннэннилэр.

Атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри хаалбыт 1625 м оҥоһуллар.

Өрөмүөн толору түмүктэниитэ алтынньы 1 күнүгэр былааннанар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА