Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы «Таммахтар» литературнай холбоһук тэриллибитэ 45 сылынан бу саас «Таммахтар. Айар куттар алтыһыылара» хомуурунньук бэчээттэнэн тахсыбыта.
Хомуурунньукка элбэх киһи үлэтэ киллэриллибитэ. Онтон бу күннэргэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, холбоһугу салайар Августина Хабарова «Талбыт курдук буолуохтаах» диэн кинигэтэ «Алаас» кинигэ кыһатын өйөбүлүнэн бэчээттэнэн күн сирин көрдө. Ааптар «буруолуу сылдьар» сонунун СИА-ҕа кэпсээтэ.
«2000 сыллаахха «Киһи эриэнэ иһигэр» диэн сатирическай тэттик сценкаларым хомуурунньуга «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Онтон бу сырыыга «Эдэр саас», «Эркээйи», «Кэскил», «Кыым» хаһыаттарга араас кэмнэргэ тахсыбыт көрдөөх ырыаларбын, монологтарбын, тэттик сценкаларбын, оскуола олоҕуттан күллэринньиктэрбин түмэн кинигэ оҥордум. Тас өттүгэр уонна иһигэр «Эдэр саас» ыччат хаһыатыгар худуоһунньугунан үлэлээбит Иннокентий Пестряков уруһуйдара туһанылыннылар. Кини өссө оччолорго бастакы кинигэбэр уруһуйдуу сылдьан, иккис кинигэбин саҕалыырбар сүбэлээбитэ», — диэтэ кини.
Ааҕааччы дьүүлүгэр тахсыбыт саҥа кинигэ 1000 экземплярдаах.