Куйаас буолла да, сөтүө саҕаламмытынан барар. Көҥүллээх эрэ, көҥүлэ суох эрэ. Уута ыраас эрэ, кирдээх эрэ. Роспотребнадзор управлениетын Саха сиринээҕи салаатыгар бу туһунан кэпсэтии буолла.
Роспотребнадзор лицензияны биэрэр уонна регистрациялыыр санитарнай кэтээн көрөр отдел начаалынньыгын солбуйааччы Иван Данилов:
— Биһиги өттүбүтүттэн ирдэнэр үлэ барыта оҥоһулунна. Ол курдук, дьон сылын аайы сөтүөлүүр сирдэриттэн: 202-с, Шестаковка, Захаровка, Сэргэлээх, Үс Хатыҥ, өрүс пордун оройуоннарыгар баар уулартан, кумахтарыттан анаалыстар оҥоһулуннулар. Билигин ГИМС көҥүлү биэрдэ да, былааннаммытынан, сөтүө Дьокуускай куорат 202-с микрооройуонугар бэс ыйын 24 күнүттэн официальнайдык саҕаланыа, — диэн эттэ.
Губинскай уокурук управатын салайааччы Любовь Саввина:
— Көҥүл бэрилиннэҕинэ, пляж аһыллыыта бу нэдиэлэҕэ буолуоҕа. Быйыл сайын бу пляһы эмиэ «Северное сияние» ХЭУо көрүө-истиэ. Манна оҕо оонньуур былаһаакката үлэлиэ, күнтэн хаххалыыр чарапчылар баар буолуохтара. Дьон дуоһуйа сынньанарыгар усулуобуйа тэриллиэ. Пляж сарсыарда тоҕустан киэһэ тоҕус чааска диэри үлэлиэ. Кыраадыстаах утахтары, арыгыны аҕалан иһии кытаанахтык бобуллар. Бэрээдэги көрүү-истии олохтонуо.