16-рыгар диэри саастаах үс оҕолоох аҕалар быстах байыаннай хомууртан «отсрочка» ылыахтарын сөп. Суруйда «Российская газета» оҕо быраабыгар президент боломуочуйалааҕа Мария Львова-Беловаҕа сигэнэн.
Кини эппитинэн, Россия сэбилэниилээх күүстэрин Генштаба дьаһалы байыаннай комиссариаттарга уонна хомуурга хамыыһыйаларга ыыталаата.
Маны сэргэ, «отсрочканы» 18-гар диэри саастаах үс оҕолоох аҕа, өскөтүн оҕолоруттан биирдэрэ инбэлиит эбэтэр паллиативнай көмөҕө наадыйар буоллаҕына ылыан сөп.
«Балаһыанньаны Миноборонаны уонна Генштабы кытта дьүүллэстибит. Этиилэр сүрүннээн өйөннүлэр», — суруйда Львова-Белова Telegram-ханаалыгар.