15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Ростуризм салайааччыта: Аан дойдутааҕы сэлии киинэ суолталаах уонна интэриэһинэй миэстэ буолуон сөп

10:40, 12 декабря 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ростуризм салайааччыта Олег Сафонов өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын кытта көрсүһүүгэ Саха сирин туризмҥа кыаҕын ырытта. Онно «Северная Мозаика» рекрационнай комплекс туһунан санаатын үллэһиннэ.


«Северная Мозаика» бырайыак суолтата улахан. Туох оҥоһуллубутун көрдүбүт-иһиттибит: суол тутуллубут, быстах кэмҥэ уот холбоммут, газ киирбит. Кэлэр сылтан ыла иккис түһүмэх саҕаланар. Итиниэхэ федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ да бюджеттарыттан сөптөөх үп-харчы көрүллэр. Ону таһынан инвестордары күүтэбит», — диир кини.

Кластер сэлии аан дойдутааҕы киинэ сүрүн миэстэни ылар. «Манна научнай араас чинчийиилэри оҥоруохтара, туристарга ханна да суох булумньулары көрдөрүөхтэрэ”, — диир Ростуризм салайааччыта.

«Туризм Саха сиригэр күүскэ сайдар. Манна кэлэр айанньыттар ахсааннара 35% эбиллибит. Ис уонна тас туризм сайдарыгар систиэмэлэммит сыһыан олохсуйбут. Саха сирин баһылыга тус бэйэтэ бырайыактары сүрүннүүр. Региоҥҥа салаа сайдыытыгар ураты болҕомто ууруллар», — диир Сафонов.

Кэлэр сылга кластеры ситэриигэ федеральнай бюджеттан 178,7 мөл.солк., өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 36,4 мөл.солк. кээмэйдээх эбии үбүлээһин оҥоһуллуохтаах. Ити үп-харчы электроэниэргийэнэн хааччыйыыга, массыына суолун тутууга, ардах уонна мунньуллубут ууларын сүөкүүргэ, баһаар резервуардарын тутууга ананар.

«Туристическай бырайыактары олоххо киллэриигэ бюджеты таһынан инвестицияны тардыахтаахпыт, инвестордары кытта ыкса үлэлиэхтээхпит, кинилэр Саха сиригэр үлэлииллэригэр усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит”, — диэтэ бастакы вице-премьер — экономика миниистирэ Алексей Стручков.

Кластер 2018 сыл бүтүүтэ —2019 сыл саҕаланыыта тилэри үлэлиэхтээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА