Госдума спортка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Свищев мас-рестлиҥҥэ аан дойду чемпионатыгар кыайбыт Россия мадьыныларын эҕэрдэлээтэ.
«Саха сиригэр ыытыллыбыт аан дойду чемпионатыгар 11 кыһыл көмүс мэтээли ылбыт Россия хамаандатын эҕэрдэлиибин. Маннык уустук кэмҥэ Россияҕа норуоттар ардыларынааҕы күрэхтэһии буолла. Бу — событие. Дьокуускайга ыытыллыбыт чемпионат, чахчы, улахан спорт бырааһынньыга. Пандемиянан сибээстээн бу кэми икки сыл күүттүбүт. Быйыл санкция дьайыытыттан толлон турбакка, ыытылынна. Күрэхтэһиигэ 41 дойду кыттыбыта — спорт хааччаҕа суоҕун бэлиэтэ, Россияны норуоттар ардыларынааҕы спортан хаайар кыаллыбатын көрдөрөр, төһө да маны тас дойду бэлиитиктэрэ баҕарбыттарын иһин. Күрэхтэһии киэҥ хабааннаахтык ыытылынна. Саха сиригэр үөскээбит мас-рестлинг аан дойдуга аатыран эрэригэр өссө биирдэ болҕомтону хатыыбын. Бу эмиэ үөрдэр», — диэтэ Дмитрий Свищев.