22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россия олохтоохторугар COVID-19 утары быһыы биэриитэ 2021 сылга саҕаланыан сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россияҕа коронавируһу утары бастакы вакциналар от ыйын бүтүүтэ оҥоһуллан тахсыахтарын сөп. Ол туһунан Госдуума пленарнай мунньаҕар доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко иһитиннэрбитэ. Вакцина уонна быһыыны хаһан биэрии саҕаланыан сөбүн туһунан «Парламентскай газетаҕа» РНА академига, РФ наукатын үтүөлээх деятеля Сергей Колесников кэпсээтэ.


— Сергей Иванович, доруобуйа харыстабылын миниистирэ коронавирус утары вакцина от ыйын бүтүүтэ баар буолуон сөп диэн иһитиннэрдэ. Дьоҥҥо быһыы биэриитэ хаһан саҕаланыаҕай?

— Мин билэрбинэн, доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) испииһэгэр COVID-19 утары тоҕус вакцина киирбитэ. Бары Россияҕа оҥоһуллаллар. Бу вакциналар «как потенциальные» диэн бэлиэтэнэллэр. Ис-иһигэр киирэн чуолкайдаан этэр буоллахха, вакцина оҥоруутугар буолбакка, кини хайдах түмүгү биэрэригэр, үлэлиригэр болҕомто ууруллар. Ону дакаастыахха наада. Вакцина оҥоһуллубут кэннэ уһун кэмнээх чинчийиини ааһар.

Сиһилии https://ysia.ru/privivat-rossiyan-ot-covid-19-mogut-nachat-v-2021-godu/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА