«Требования к цифровым информационным моделям» (ТИМ) олорор дьиэҕэ национальнай стандарт барыллаан бигэргэннэ. Ол туһунан Россия тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Докумуон идэлээх түмсүү экспертизатын ааста уонна 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр.
Стандарт үс сыл болдьохтоох үлэлиэҕэ — 2027 сыл олунньу 1 күнүгэр диэри.
«Информационнай моделированиены туттуу экономикаҕа суолталаах эффект биэриэҕэ, Россияҕа тутуу комплексыгар. Оҥорон таһаарыы улаатыаҕа, сыыһа-халты туттуу аҕыйыаҕа, бырайыактар олоххо киириилэрэ түргэтиэҕэ», – тутууга миниистири солбуйааччы Константин Михайлик эттэ.
2024 сыл от ыйыттан тутуу хайысхатыгар саҥа бырайыактар бары ТИМ ирдэбилин толоруохтаахтар, оттон 2025 сыл от ыйын 1 күнүттэн — бу ирдэбил кыттыгас тутууларга бары девелоперскай бырайыактарга тутуһуллуохтара.