Россия регионнарыгар куор ыарыыта билиннэ. «Роспотребнадзор» Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, олунньу 2 күнүнээҕи туругунан куор ыарыыта бэлиэтэммэт.
«Куор 2019 ахсынньытыгар уонна 2020 сыл тохсунньутугар баар буола сылдьыбыта. Бу кэмҥэ Дьокуускайга 68 киһи ыалдьыбыта. Вакцинация көмөтүнэн, 2020 сылтан биир да түбэлтэ тахса илик», – регионнааҕы «Роспотребнадзорга» эттилэр.
Биэдэмистибэҕэ иһитиннэрбиттэринэн, икки саастарыгар диэри оҕолор 98% куортан быһыылаахтар, алталарыгар диэри — 97%, 18-35 саастаахтар — 96,7%.
Куор — сыстыганнаах ыарыы, оҕо ыарыытынан биллэр, ити эрээри улахан дьон эмиэ ыалдьар. Инфекция салгынынан бэриллэр. Ыарыы отит, менингит уонна энцефалит ыарыыларга кубулуйуон, өлүүгэ тириэрдиэн сөп.