Рослесхоз Саха сирин баһаардарын умулуннарыыга 150 мөл солкуобайы эбии ыытта.
Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Госдума депутата Галина Данчикова Рослесхоз салайааччытыгар Иван Советниковка Саха сирин баһаардарын умулуннарыыга эбии үп көрөрүн туһунан сурук ыыппыт. Сарсыныгар, атырдьах ыйын 10 күнүгэр тэрилтэ 150 мөл харчыны өрөспүүбүлүкэ үп министиэрстибэтигэр ыыппыт.
Итины таһынан, Ил Дархан Айсен Николаев, депутат Галина Данчикова Росрезервтэн харчы көрөллөрүгэр тэҥинэн ыыппыт суруктара эмиэ өрөспүүбүлүкэ туһугар быһаарылынна.