22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Роман Дмитриев турнирыгар Саха сирин хамаандата сүүмэрдэннэ

18:02, 27 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 29 — ыам ыйын 1 күннэригэр «Триумфка» VIII эдэрдэргэ көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы  турнир буолар. Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев сырдык кэриэһигэр ананар, суруйар «Спорт Якутии».


Саха сириттэн барыта 28 тустуук кыттыаҕа, эдэрдэргэ сүүмэрдэммит хамаанда старшай тренерэ Василий Неустроев эттэ. Кини Россияҕа бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылааҕа уонна призера Станислав Свинобоев уонна Дархан Игнатьев Дьокуускайдааҕы турниры көтүтэллэрин иһитиннэрдэ. Бөҕөстөр Россия хамаандатын иһигэр киирсэн, үөрэнэр-эрчиллэр хомууру ааһаллар.

Саха сирин хамаандата:

57 кг диэри: Григорьев Харысхал, Андросов Валерий, Находкин Егор, Бурнашев Валентин, Седалищев Дьулус, Слепцов Артем, Сухарев Алексей, Дьячковскай Ян.

61 кг диэри: Иванов Александр, Спиридонов Николай, Болуров Александр , Фомин Олег, Григорьев Юлиан.

65 кг диэри: Владимиров Вальтер, Протодьяконов Уйгулаан, Потапов Иван, Бабаранов Иннокентий.

70 кг диэри: Бояновскай Владимир, Андреев Нургун, Белолюбскай Айтал, Николаев Роман.

74 кг диэри: Сергеев Михаил, Ленскай Андриан, Чен Игорь.

92 кг диэри: Николаев Сергей.

97 кг диэри: Иванов Даниил.

125 кг диэри: Максимов Эдуард, Охлопков Иван.

Источник: Sportyakutia.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА