РФ Үлэ министиэристибэтэ 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ 18,5% улаатан, 19 242 солк буоларын туһунан сокуон барыла тахсыбытын иһитиннэрдэ.
Биэдэмистибэ докумуоҥҥа эбии 2025 сылтан МРОТ ааҕыллыытын ньымата уларыйарын суруйда. Министиэристибэҕэ эппиттэринэн, МРОТ улаатыытын үлэтэ Россия президиэнин сорудаҕынан ыытыллар.
2021 сыл тохсунньу 1 күнүгэр МРОТ 12 792 солк, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр – 13 890 солк, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр – 16 242 солк. МРОТ 2024 сылтан улааттаҕына хамнас 4,8 мөл үлэһиккэ үрдүүр, диэтилэр биэдэмистибэҕэ.