Премьер-миниистир Михаил Мишустин 56 региону өйүүргэ 100 миллиард солк көрөр туһунан уураахха илии баттаата. Докумуон коронавирус пандемиятынан ыам ыйын 1 күнүттэн нолуокка харгыстар көрсүбүттэрин кытта ыкса сибээстээх, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хас биирдии региоҥҥа дотация кээмэйэ регион бюджетын ороскуоттуур чааһа учуоттанан бэриллэр.
Докумуоҥҥа сурулларынан, быһаарыы пандемиянан сибээстээн экономическай хааччахтааһыннар усулуобуйаларыгар регионнар бюджеттарыгар көмөлөһүөхтээх.