Россия бырабыыталыстыбата 2030 сылга диэри физическай култуураны уонна спорду сайыннарыыга стратегия бырайыагын өйөөтө. Ол туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин эттэ.
Докумуон тустаах эйгэ президент иһинэн үлэлиир Сэбиэтигэр көрүлүннэ. Эрдэ бэриллибит бэлиэтээн этиилэр учуоттаннылар уонна бырабыыталыстыба көрүүтүгэр бигэргэммит бэрээдэгинэн киллэрилиннэ. «Бырайыак уопсастыбаннай истиини ааста. 800-тэн тахса эксперт 1200-тэн тахса этии ыыыппыт, барыта үөрэтилиннэ уонна учуоттанна», — диэтэ вице-премьер Дмитрий Чернышенко.
Стратегия РФ спордун министиэристибэтинэн оҥоһулунна. «Демография» нацбырайыак иһигэр үлэлиир «Спорт — олох нуормата» федеральнайдааҕы бырайыак учуоттанна.
Бу иннинээҕи тосхол 2009 сыллаахха 10 сылга болдьохтоох ылыллыбыта. Чернышенко эппитинэн, кини сыаллаах туһаайыылара туоллулар.