Кэлэр сылга буолуохтаах РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар диэри ыраах даҕаны, дойду үрдүнэн ыытыллыбыт ыйытыкка нэһилиэнньэ 78% кыттар былааннааҕын, 61% быыбарга кыттар бигэ санаалааҕын биллэрдэ диэн бу күннэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннас санаатын үөрэтэр киин (ВЦИОМ) иһитиннэрдэ.
Оттон 13% киһи быыбар чугаһаатаҕына быһаарыныахтарын эппиттэр, арай 8% куоластыы барбаттарын биллэрбиттэр. 17% киһи куоластыыр учаастакка тиийиэхпит диэбиттэр.
Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннас санаатын үөрэтэр киин кэлэр сылга ыытыллыахтаах бэрэсидьиэн быыбарыгар кыттыы туһунан тиэмэҕэ ыйытыгы Социальнай чинчийиилэр эспэртэнй институттарын (ЭИСИ) сакааһынан оҥорор.
Онон 2024 сыл кулун тутарыгар дойду Бэрэсидьиэнин быыбарын ыытарга сыанабылы нэһилиэнньэ үс гыммыт иккитэ (66%) биэрбит: хас иккис эппиэттээбит киһи (54%) быыбар чуумпутук, хас ахсыс (12%) – үлүскэнник ааһыа диэбиттэр. Оттон хас үһүс (34%) быыбар хайдах ааһыаҕын этэллэрин ыарырҕаппыттар.
Арассыыйа үгүс олохтооҕо кэлэр бэрэсидьиэн быыбарын дойдуга эрэ буолбакка (89%), киниэхэ бэйэтигэр эмиэ (84%) улахан суолталааҕынан аахпыттар.