Үөрэх тэрилтэлэрэ сыыйа хааччахтан тахсаллар. Бу туһунан вице-премьер Сергей Местников иһитиннэрэр.
«Сэтинньи-ахсынньы ыйдарга холоотоххо үөрэнээччилэр, учууталлар ыккардыларыгар ыалдьыы биллэ кыччаата. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай балаһыанньа сыыйа тупсан иһэрин көрдөрөр», — диир Сергей Местников.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бары оҕо саадтара очно үлэлии тураллар. Харантыыҥҥа барбыт уһуйаан суох.
Уопсай үөрэхтээһиҥҥэ халлаан сылыйан оҕолор оскуолаҕа төннөллөр. Манна буккуйа үөрэх салҕанар. Билигин да үөрэнээччи улахан аҥара кэтэхтэн, сороҕо оскуолаҕа баран үөрэнэ сылдьар.
«Профессиональнай үөрэхтээһин итиэннэ үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ эмиэ сыыйа харантыынтан тахсаллар. Профессиональнай үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ олунньу ортотуттан үөрэхтэрин сөргүтэллэр, үрдүк үөрэх кыһалара – кулун тутартан. Үөрэх санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан ыытыллыа», — диэтэ Местников.