“Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр Олоҥхо декаадатын түмүктүүр үөрүүлээх сабыллыыта Өрөспүүбүлүкэбит “Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэтэ 25 сылыгар ананна. Тэрээһин үгэс быһыытынан алгыһынан саҕаланна. Алгыһы алыптаах тойугунан дьүрүһүтэн толордо Култуура коллеһын төрүт култуураҕа салаатын уһуйааччыта, СР үөрэҕириитин туйгуна Михаил Винокуров.
Үбүлүөй үөрүүлээх аһыллыыта култуурабыт миниистирэ Афанасий Ноев истиҥ-иһирэх эҕэрдэ тылынан саҕаланна, өрөспүүбүлүкэбит “Олоҥхо Ассоциацията” түмсүү бэрэсидьиэнигэр Февронья Васильевна Шишигинаҕа министерствотын аатыттан махтал сурук туттарда.
Олоҥхо уопсастыбаннай тэрилтэ олохтоноругар олук уурсубут ытык дьоммут кылгастык түмсүү туһунан санаан-ахтан аастылар.
Улуус делегациялара Бүлүү бөлөх, хоту дойду, илин эҥэр, киин улуустарынан Ассоциацияларбыт үлэлэрин сырдаттыбыт, үбүлүөйдээх сылларынан улуустар дьаһалталарын, Олоҥхо Ассоциацияларын ааттарыттан эҕэрдэ суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт.
Дьоро киэһэҕэ кэлбит бары ыалдьыттарга “Олоҥхо Ассоциацията” үбүлүөйдэрэ логотиптаах XXI үйэ чороонун өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар, тэрээһин бастакы чааһа култуура коллеһын устудьуоннарын оһуокайынан түмүктэннэ, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт.
Тэрээһин иккис чааһа эдэр ыччат аныгы үҥкүүтүнэн саҕаланна, бас-көс дьоммут Ноев А.И., Борисов А.С., Шишигина Ф.В, Ил Түмэн депутата Егоров В.А. эҕэрдэлээтилэр уонна олоҥхоҕо анаммыт күөн-күрэстэр тэрээһиннэрин түмүктэринэн, кыайыылаахтарга дьоһун бэлэхтэри туттардылар.
Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччытыгар Мотрена Егоровна Гаврильеваҕа, өр сыллаах үлэтин түмүгүнэн миниистир А.И.Ноев “За вклад в сохранение и популяризацию героического эпоса Олонхо” Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Николаевич Жирков баттааһыннаах бочуотунай грамотаны туттарда.
Тэрээһин Олоҥхо тыйаатырын бырайыагынан ХИФУ устудьуоннара кыттыылаах олоҥхо эпостарын сүрүн дьоруойдарынан аныгылыы дьүһүйүүнэн түмүктэннэ. Бары көрөөччүлэр, биир тыынынан көрөн, олоҥхо тыйаатырын артыыстара сайдыбыттарыттан сөҕөн-махтанан, сүргэбит көтөҕүлүннэ, түмүккэ саҥа тутулла турар Олоҥхо киинин бырайыагын көрдөрөн, көрөөччүлэр дуоһуйбуппутун биллэрэн, үөрүүбүтүттэн ыһыыран-хаһыыран НОО! – диэн түмүктээн ис турукпут сырдаан, өрө көтөҕүллэн тарҕастыбыт.
Өссө төгүл өрөспүүбүлүкэбит “Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэтэ 25 сыллаах үбүлүөйүнэн Хаҥалас олоҥхо түмсүүтүн, улууспут дьаһалтатын ааттарыттан истиҥник эҕэрдэлиибит, олоҥхоҕо бэриниилээх дьон үлэлиир буолаҥҥыт, киһи-аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыбыт Аан дойдуга Шедевр буолан аатыран, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо ыһыахтара үрдүк таһымнаахтык ыытылланнар, талба талааннаахтарбыт, ылбаҕай ырыаһыттарбыт, бу ыһыахтартан кынат анньынаннар Аар саарга аатырдылар, үүнэр көлүөнэ ыччаппыт култуура эйгэтигэр үөрэнэн, идэ оҥостоннор сайдан-үүнэн иһэллэр. Баҕарабыт эһиэхэ үрдүк ситиһиилээх айымньылаах үлэни, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, уһун уйгулаах олоҕу.
Ааптар: Лидия Харитонова, Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ” норуот айымньытын киинин салайааччыта, Хаҥалас улууһун “Олоҥхо Ассоциацията”түмсүү салайааччыта