Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова бүгүн социальнай ситимнэринэн быһа эфир кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ 174 ИВЛ аппараата ылыллыбытын эттэ.
“Барыта 174 аппараата ылыллыбыта. Үгүстэрэ миэстэтигэр тиэрдиллэн тураллар. Сорҕотун сэтинньигэ ылыахпыт. Наадалаах тэриллэри меценаттар, бөдөҥ производственниктар көмөлөрүнэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн саппаас чааһыттан үбүлэнэн ыллыбыт”, — диир Елена Борисова.