Пандемия саҕаланыаҕыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри барыта 949 киһи үтүөрдэ. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева брифиҥҥэ эттэ, СИА суруйар.
Маргарита Игнатьева иһитиннэрбитинэн, бүтэһик сууккаҕа 94 эбии ыалдьыбыт киһи бэлиэтэннэ. Дьокуускайга — 60, Ленскэйгэ — 19, Намҥа — 7, Мэҥэ Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарыгар үстүү, Алдаҥҥа — икки.
2308 ыалдьыбыттан бүгүҥҥү күҥҥэ 949 пациент үтүөрдэ. 10 киһи суорума суолланна, ол иһигэр биир киһи бу ааспыт суукаҕа.
Хас биирдии ыарыы бэлиэтэниитигэр 6000 кэриҥэ ыарыһаҕы кытта алтыспыт киһи хонтуруолга ылылынна, олортон 14 күн иһигэр ыарыы сибикитэ биллибэтэҕинэн уонна анаалыстара үчүгэйинэн 3973 киһи кэтээн көрүүттэн таһаарылынна. Бүгүн хонтуруолга 1959 алтыспыт киһи хаалла, олортон обсерватордарга 221 киһи сытар, «самоизоляцияҕа» дьиэтигэр — 1735. Маны сэргэ обсерватордарга 507 атын регионтан кэлбиттэр бааллар.
«Бүтэһик нэдиэлэҕэ ыалдьыбыт киһи ахсаана 114-тэн 94-кэ түстэ. Онон 17 бырыһыан ыарыы түһүүтэ бэлиэтэнэр. Дьокуускай куоракка муҥутаан ыарыы ааспыт нэдиэлэҕэ — 95 тиийбитэ, бүгүн — 60. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыарыы тарҕаныытын коэффициена 1-2%-тан 0,9%-ҥа диэри түстэ», — диэтэ Маргарита Игнатьева.
Кылаабынай санитарный быраас бэлиэтээбитинэн, өссө биир нэдиэлэ бу таһымы тутуу наада, онтон салгыы ыарыы түһүүтэ саҕаланыаҕа. Онон өссө биир нэдиэлэ «самоизоляция» эрэһиимин тутуһуу булгуччулаах. Алтыһыыны аҕыйатыахха, уопсастыбаннай миэстэлэргэ мааска-бэрчээки кэтии ирдэнэр. Тус гигиенаны тутуһуу, дьиэни ыраастык тутуу туһалаах буолуоҕа.
Тэрилтэлэргэ сарсыардааҥы «фильтр» хайаан да оҥоһуллуохтаах — температура кэмнээһинэ, тумуу сибикилээх дьону уонна ыалдьыбыт киһини кытта алтыспыттары тута үлэттэн туоратыы ыытыллыахтаах. Управляющай хампаанньалар олорор дьиэлэри дезинфекциялааһыннара күүһүрүөхтээх, атыы тэрилтэлэрэ санитарнай күннэри салгыы тэрийиэхтээхтэр.