23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ уонна дойдуга Аҕа күнүгэр Дьокуускайга 12 оҕо күн сирин көрдө

15:03, 18 октября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэттэҕи ийэ уонна дойдуга аҕа күнүгэр Дьокуускайга 12 оҕо күн сирин көрдө — алта кыыс, уонна алта уол. Бүгүн, алтынньы 18 күнүгэр, Перинатальнай киинтэн кырачааннар үөрүүлээх быыпыскалара буолла, диэн СИА иһитиннэрэр.

«Оҕолор бары доруобайдар, төрүөхтээх болдьохторугар күн сирин көрдүлэр, үүттэн аккаастамматтар. Уон икки ийэттэн үстэрэ бастакыларын оҕолоннулар», — диэн Перинатальнай кииҥҥэ саҥа төрөөбүт уонна итэҕэстээх оҕолорго патология отделын сэбиэдиссэйэ Наталья Сосина кэпсээтэ.

«Бу биһиги үһүс кыыспыт, этэҥҥэ, түргэнник төрөөтүм. Быраастарга өйөбүллэрин иһин улахан махталбын тиэрдэбин, үс хонугунан номнуо быыпыскалаабыттарыттан соһуйдум уонна үөрдүм», — диэн эдэр ийэ Наталья Еремеева санаатын эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар