22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өрүс тырааныспарыгар тарыып чэпчээтэ

15:45, 26 июля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сыл ахсын СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ социальнай суолталаах хайысхаларга өрүс суолунан пассажирдары таһыы тарыыптарын олохтуур. Быйыл Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан, субсидия кээмэйэ икки төгүл улаатта. Онон ааспыт сыллааҕар рейс ахсаана 20%-нан улаатыаҕа.


Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчыларынан, бэс ыйыгар социальнай суолталаах хайысхаларынан номнуо 80 рейс оҥоһуллан, 5884 пассажир айаннаабыт. Дьокуускай – Өлүөхүмэ, Дьокуускай – Эдьигээн, Уус Маайа – Хаандыга, Уус Куйга – Нижнеянскай хайысхаларынан айаннааччылар ахсааннара элбээбит.

Субсидия кээмэйэ улаатыан иннинэ, Дьокуускай – Өлүөхүмэ, Дьокуускай – Эдьигээн, Дьокуускай – Сангаар, Ньурба – Маалыкай, Дьокуускай – Неелово (Тикси) хайысхаларынан билиэт сыаната төһө эмит үрдүк этэ. Инньэ гынан, дьон чааһынай урбаанньыттар мотуордаах оҥочолоругар олорсоллоро. Бу ыраах айаҥҥа куттала бэрт. Ол гынан баран, арыый да чэпчэки сыанаҕа барар баҕаттан, дьон урбаанньыттар өҥөлөрүнэн туһаналлар.

Билигин тарыып чэпчээтэ уонна рейс ахсаана лаппа элбээтэ. Навигация кэмигэр 338 рейс оҥоһуллуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ өрүстэринэн пассажирдары таһыыга икки көрүҥнээх суудуналар үлэлииллэр (биир чааска 20 килэмиэтиргэ диэри уонна 20 килэмиэтиртэн үөһэ). Суудуналар көрүҥнэриттэн көрөн биир кэлим тарыып олохтонно. Ол курдук Дьокуускай – Өлүөхүмэ (627 км) хайысхатынан сылдьар «Метеор» теплоходка тарыып 5900 солк. быһыллыбыт. Оттон эмиэ бу хайысханан сылдьар «Емельян Ярославскай» суудунаҕа билиэт сыаната 4600 солк. тэҥнэһэр. Былырыын Өлүөхүмэҕэ диэри 7500 солк. этэ.

Дьокуускай – Сангаар хайысхатынан билиэт сыаната 27 %-нан намтаан, билигин 3200 солк. тэҥнэстэ. Уус Куйга – Хаһааччыйа, Уус Куйга – Усуйаана хайысхаларынан тарыып 10%-нан кыччаата.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр социальнай суолталаах хайысхаларга олохтоох бүддьүөттэн үп-харчы тыырыллар буолан, сыл ахсын тыһыынчанан киһи улаханнык ороскуокка тэбиллибэккэ, өрүс суолунан айанныыр кыахтанна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар