Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин Владивостоктан суруналыыс ыйытыытыгар хоруйдаан, Уһук Илин региоҥҥа эдэр ыаллары дьиэлииргэ элбэх өйөбүл баарын бэлиэтээтэ: 2% чэпчэтиилээх ипотека, тыа хаһаайыстыбатын ипотеката 3%, оҕолоох ыалга 6% чэпчэтиилээх ипотека. Бу миэрэлэртэн сылтаан дьиэ сыаната үрдүү турар
Бэрэсэдьиэн төһө да дьиэ сыаната үрдээбитин иһин, ипотека ставката намтаан, дойду үрдүнэн 2021 сылга 90 мөл. кв. м олорор дьиэ үлэҕэ киллэриллибитин эттэ.
«Тупсуу баар, олорор дьиэлэрин усулуобуйаларын тупсарбыт ыаллар ахсааннара элбээн иһэр, чааһынай дьиэ туттааһына эмиэ киирсэр», — диэн Путин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Уһук Илин регион бэйэтигэр ураты болҕомтону эрэйэр, бу комплекснай үлэ. Дьон көспөтүн гына, региоҥҥа олох таһымын үрдэтиэххэ наада. Онуоха туох нааданый? Онуоха экономиканы сайыннарыахха, үрдүк технологиялаах, интэриэһинэй уонна хамнастаах үлэ миэстэлэрин оҥоруохха наада. Социальнай көмөнү умнуо суохтаахпыт», — диэн дойду бэрэсэдьиэнэ санаатын эттэ.