22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Путин чэпчэтиилээх ипотека ставкатын кыччатары эттэ

13:33, 26 апреля 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия президиэнэ Владимир Путин чэпчэтиилээх ипотека сыллааҕы ставкатын 12%-тан 9%-ҥа диэри кыччатары эттэ, суруйда РИА Новости.

«Дьон дьиэни атыылаһарыгар кыаҕы биэрэр, уопсайынан тутууну көҕүлүүргэ, чэпчэтиилээх ипотека ставкатын 12%-тан 9%-ҥа диэри кыччатарга», — диэтэ судаарыстыба баһылыга экономическай боппуруостарга мунньах кэмигэр.

Кини бырагырааманы сыл бүтүөр диэри үлэлэтэри эттэ.

Киин баан баһылыга Эльвира Набиуллина эппитинэн, Россия бааннара быйыл чэпчэтиилээх кирэдьиит чэрчитинэн икки триллиоҥҥа диэри солк биэриэхтэрин сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА