22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Путин биэнсийэ баар инфляциянан индексацияланарын эттэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Владимир Путин былаас эрэннэриилэрин умнуо суохтааҕын эттэ. Россияҕа биэнсийэ баар инфляциянан индексацияланарын эрэннэрдэ. Президент тылларын суруйда Интерфакс

«РФ бырабыыталыстыбата ааспыт сылларга этиллибит былаас эрэннэриилэрэ олоххо киирэригэр дьаһаллары ылыахтаах  [сокуон быһыытынан индексация баар инфляция таһымынан уларыйан иһиэхтээх]. Бу кэмҥэ диэри оҥорон кэллибит, салгыы да оннук буолуоҕа», — диэтэ Путин пресс-конференция кэмигэр, биэнсийэни индексациялааһын туһунан ыйытыы киирбитигэр.

Официальнай дааннайынан, бюджекка ууруллубут биэнсийэ индексацията 5,9% тэҥ, ити эрээри барыллаан көрдөрүүнэн, сыл бүтэһигэр инфляция 8% буолуон сөп.

Президент салгыы иһитиннэрбитинэн, «кэлэр сылга быһаарыы [индексация туһунан] сэбилэниилээх күүстэр эйгэлэрин эмиэ хабыаҕа, быраабы араҥаччылааччылар уонна сэбилэниилээх күүстэр структураларыгар үлэлиир дьон дохуотун тэҥниир сыалтан».

«Бу байыаннай сулууспалаахтар биэнсийэлэрин эмиэ таарыйар», — диэтэ Путин.

Хаартыска: РИА Новости

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА