15 Балаҕан ыйа 15.09
  • -0°
  • $ 84,34
  • 97,76

«Приморья оҕолоро» оонньууларга Саха сириттэн 28 спортсмен кыттыаҕа

10:27, 25 января 2024
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Владивостокка олунньу 18 күнүгэр «Приморья оҕолоро» иккис норуоттар ардыларынааҕы оонньуулар арыллыахтара. Манна Саха сириттэн 28 эдэр спортсмен кыттыыны ылыаҕа.

Спорт алта көрүҥэр киирсиэхтэрэ: хоккей, фиджитал-хоккей, шорт-трек, хаҥкы, хайыһар уонна хайа хайыһара. Бу күннэргэ спортсменнар бэлэмнэниини ааһаллар.

«Саха сирэ барыта бэлэмнэнэр! Турукпут үчүгэй. Биһиги спортсменнарбыт өрөспүүбүлүкэлэрин үчүгэй таһымҥа көрдөрөргө бэлэмнэр», – диэтэ өрөспүүбүлүкэ хаҥкыга кылаабынай тренерэ Елена Татаринова.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА