26 Сэтинньи 26.11
  • -21°
  • $ 103,79
  • 108,87

Политолог Матрена Окорокова: «Хас да күннээх быыбар дьону көҕүлүүр»

13:06, 08 сентября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Саха сиригэр үс күннээх быыбар куоластааһына саҕаланна. Дойду үрдүнэн хас да күннээх куоластааһын тиһигэ сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр олоххо киирбитэ. Ол кэмтэн ыла бу тэрээһин туһунан мөккүөр күн бүгүҥҥэ диэри бара турар.

Суолталаах тэрээһин туһунан ХИФУ историческай факультетын историяҕа, обществознаниеҕа уонна политологияҕа доцена Матрена Окорокова санаатын маннык үллэһиннэ:

— Мантан инньэ хас да күннээх быыбардааһын гражданиҥҥа быыбардыыр кыаҕын толору туһанарыгар туһуламмыт көрүҥ буоларын өйдөөн, ылынар буолуохпут.

Хас да күннээх быыбар Чехия, Швейцария, Италия, Норвегия, Хорватия курдук сирдэргэ ыытыллар. Бу маннык элбэх күннээх быыбар дьону көҕүлүүр. Ким бириэмэтин, иллэҥ кэмин аттаран, тоҕоостоох кэмин туһанан быыбардыыр учаастакка тиийэн, бэйэтин санаатын куолаһын нөҥүө биллэрэр. Оччотугар дьон кыттыытын таһыма үрдүүр. Ол курдук, 2016 сыллаахха буолбут Судаарыстыбаннай Дуума мунньаҕар Дьокуускайга дьон кыттыыта 38,10 %  этэ. Оттон 2021 сыллаахха быыбардааччы 48, 95%-на кыттыыны ылбыта.

Онон хас да күннээх куоластааһын быыбардааччы ахсаанын элбэтэр.

Елена Потоцкая, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар