22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Покровскайга Нерюнгри медколледжын отделениетын арыйыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хаҥалас улууһун Покровскайыгар күһүн  Нерюнгритааҕы медицинскэй колледж «Лечебное дело» отделениета арыллыаҕа, суруйар ulus.media.

Дьаһалы көҕүлээччинэн медколледж дириэктэрэ Ирина Адамова буолар. Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев уонна баһылыгы социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Елизавета Мартынова этиини өйөөтүлэр.

«Биһиги улууспут сэлиэнньэлэригэр фельдшердар тиийбэттэр. Отделение арыллыыта ити кыһалҕаны быһаарыаҕа. Ол эбэтэр биһиги исписэлиистэри бэйэбит наадыйыыбытынан бэлэмниэхпит. Отделениены арыйыы бэрт кылгас кэмҥэ быһаарылынна, улууспут салалтатын көмөтүнэн», — диэтэ кылаабынай быраас Нюргун Степанов.

Бүгүҥҥү күҥҥэ 40 сайабылыанньа киирдэ, тыа оскуолаларыттан. Үөрэтии 3 сыл уонна 10 ый барар, стипендия көрүллэр, манна эбии улуустааҕы киин балыыһаттан эмиэ төлөбүр бэриллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА