Саха сиригэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕа тохтообутун туһунан СИА-ҕа иһитиннэрдилэр.
Саха сирин парламенын спикера Петр Гоголев 2020 сыл кулун тутар 18 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) алтыс ыҥырыытын уочараттаах уон бэһис пленарнай мунньаҕын тохтотор туһунан» 57 №-дээх дьаһалга илии баттаата.
Эрдэ былааннаммытынан кулун тутар 24 күнүгэр буолуохтаах пленарнай мунньах тохтоото.