22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Павлов сэлиитэ» булуллубут сиригэр былыргы дьон туттар тэрилэ көһүннэ

14:43, 05 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Новосибирскай арыыларыгар булуллубут сэлии лаппаахытын уҥуоҕуттан муостан оҥоһуллубут туттар тэрил сорҕото булулунна. Экспедиция хайдах ааспытын чинчийээччи Иннокентий Павлов кэпсээтэ. Санатар эбит буоллахха, булуллубут былыргы кыылга кини араспаанньата иҥэриллибитэ.


«2018 сыллаахха Котельнай арыытын хотугулуу өттүгэр сэлии кырамталара баалларын эппиттэрэ. Биһиги тута онно барбыппыт. Чинчийэн көрүүгэ бу улахан кыыл кыра уҥуохтааҕа, ол эбэтэр «карликовайдыҥыта» биллибитэ. 2019 сылга биһиги иккистээн онно барбыппыт, сыалбыт — ирбэт тоҥтон сэлиини хостооһун», —  диэтэ Иннокентий Павлов.

Күн-дьыл туруга мөлтөх уонна сэлии арыы таһымныыр өттүгэр сытар буолан, «Кыһыл көмүс сэлиинэн» ааттаммыт кыылы археологтар ситэри хостооботохтор. Түүтүн өҥө ураты, кыһыл көмүүскэ майгынныырын иһин итинник ааттаммыт.

Иннокентий Павлов атын сэлии кырамталарын көрдүүр. Кини мантан чугас сэлии төбөтүн уҥуоҕун булбуттарын истэр уонна онно барар.

«Мин оннук экспедиция салайааччыта буолабын, чинчийиибит маннык түргэнник түмүктэниэн баҕарбатаҕым. Ол иһин олохтоохтортон өссө ханна уҥуох кырамталара баар буолуохтарын сөбүн ыйыталаспытым. Аҕыйах хонугунан ыйан биэрбиттэрэ«, — кэпсиир кини.

Этиллибит сиргэ тиийэн, өссө биир сэлии дьардьаматын 40 бырыһыанын булаллар. Манна бэлиэтэммитинэн, кыыл былыргы дьону кытта хапсыбыт. Кини уҥуоҕугар алдьаныылар бааллара. Эбиитин былыргы дьон туттар тэриллэрэ уҥуохха хаалбыттара булуллар. Булумньуну «Павлов сэлиитэ» диэн сүрэхтииллэр.

«Мин сабаҕалыырбынан, манан былыргы дьон олоро сылдьыбыт буолуон сөп. Өссө чинчийиини ыытыахпыт. Баҕар өссө да атын кыыллар кырамталара, олоҕу-дьаһаҕы кэпсиир тэриллэр булуллуохтарын сөп», — диэтэ Иннокентий Павлов.

Муус устар ыйга археологтар өссө биирдэ Новосибирскай арыыларыгар барар былааннаахтар. «Кыһыл көмүс сэлиини» төхтөрүйэн хаһыахтара, «Павлов сэлиитэ» булуллубут сирин чинчийиэхтэрэ, онно былыргы дьон олохторо-дьаһахтара көстөн кэлиэн сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА