Парламент пленарнай мунньаҕар муус устар 26 күнүгэр Саха сирин бюджетын чуолкайдаатылар, чопчулаатылар. Үп миниистирэ Валерий Жондоров бэлиэтээбитинэн, быйыл нолуоктан киирэр үп-харчы кээмэйэ эбиллэрэ күүтүллүбэт.
«Нолуоктан киирэр дохуот быйыл эбиллибэт. Бюджет дохуоттаах чааһын үрдээһинэ төннөрүллүбэт төрүккэ бэриллэр үп-харчы суотугар улаатта. Ороскуоту элбэппэт туһунан этии киирдэ», — диэтэ Валерий Жондоров.
Депутааттар ыйытыктарыгар хоруйдууругар үп миниистирэ эппитинэн, бу сыл тоҕус ыйынааҕы түмүгүнэн сорох судаарыстыбаннай бырагыраамалар тэрээһиннэрэ оптимизацияланыахтара.
Социальнай эбэһээтэлистибэлэр, ол иһигэр хамнаһы төлөөһүн тилэри толоруллуоҕа.
Киирбит уларыйыылары аахсан туран бюджет дохуота 4,7 млрд солк диэри улаатта: 164,3-тэн 169 млрд. солк.диэри. Ороскуот 1,7 млрд солк. элбээбит 172,6-тан 174,3 млрд солк.диэри. Бюджет дефицитэ 2,9 млрд.солк. кыччаабыт: 8,3-тэн 5,3 млрд солк. диэри.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2016 сыллааҕы бюджетын туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии бүтэһиктээх ааҕыыга ылылынна.