От ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр хомунаалынай өҥө иһин тарыыптар ортотунан 9,5% эбиллэллэр. Бүтэһигин тарыыпка индексация балтараа сыл анараа өттүгэр буолбута.
«9,5% улаатыы өҥөҕө барытыгар оҥоһуллар. Өскөтүн ханнык эрэ өҥөҕө тарыып улаатыыта арыый элбэх буоллаҕына, уопсай холбоммута этиллибит көрдөрүүттэн улааппат. Дьон ордук ититии иһин төлүүллэр, манна тарыып улаатыыта 9,5%. Салгыы – электричество, манна Дьокуускайга улаатыы 8,9%», — диэтэ сыана бэлиитикэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков.
От ыйыттан тарыыптар хас буолалларын манна аах: https://ysia.ru/s-1-iyulya-v-yakutii-tarify-za-kommunalnye-uslugi-vyrastut-na-9-5/