Бу күннэргэ Орто Халыма улууһун Иккис Мээтис нэһилиэгин дьаһалтатыттан, бөрөлөр сылгыга саба түспүттэрин туһунан тыллабыр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениятыгар киирбит, диэн «Халыма долгуннара» телеграм-ханаал суруйар.
«Бу быһылаан, бөһүөлэктэн 3,5 килэмиэтир тэйиччи Кэтэриинэ диэн учаастакка буолла. Ол курдук бөрөлөр буулаан, биир быйыл төрүөх кулуну тартылар, түөрт убаһаны бааһыртылар. Сылгылар кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүлэринэн буолаллар. Сылгыһыттар тутатына биир үөрү бөһүөлэккэ аҕаллылар. Бүгүн өссө биир үөр бөһүөлэккэ кэлэрин күүтэбит. Сылгыһыттар сабаҕалааһыннарынан, кыыл суолунан көрдөххө, үс-түөрт бөрө сырыыта баарынан бэлиэтэнэр. Адьырҕа кыыллар киһи хараҕын далыгар көстө иликтэр. Билигин сылгылары маныыбыт. Хамыыһыйа тэриллэн, бөрөлөрү суох оҥорор суолу тобулабыт. Хапкааннаан ылыыны эбэтэр бэтэринэриийэ сулууспатын кытта дьаатынан суох оҥорор ньымаларга үлэ ыытабыт. Соруктаах үлэҕэ анал дьон бэлэмнэр, тырааныспар сырыытыгар уматык көрүлүннэ», — диэн Иккис Мээтис нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Николай Колесов кэпсээтэ.
Маны сэргэ, бу күннэргэ, сүөһү өлүктээх алдьархай Алаһыай нэһилиэгэр эмиэ бэлиэтэннэ. Ол курдук үс учаастакка, Багдьаҕа — 2, Ындыыһыҥҥа — 1, Муҥурдаахха 1 сылгы, күөллэр тааҥнаабыт, куталаммыт сирдэригэр өлүктэрэ булулуннулар. Олохтоохтор кэпсииллэринэн сүөһүлэр, кимнээх хаһаайыстыбаларын сылгылара буолаллара биллибэт. Онон олохтоох дьаһалта, хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүлэрин көрүнэллэригэр, күөллэрдээх, куталаах сирдэргэ болҕомтолоох буолалларыгар ыҥырар.
Саргылана Кокорина