23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Орто Халыма Сыбаатайыгар турбут уоту тохтоттулар

14:01, 28 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Орто Халыма Сыбаатайыгар турбут уоту тохтоттулар. Баһаары умулуннарыыга 130 киһи сырытта. Билигин кинилэр уоту маныыллар, хос тарҕамматын кэтииллэр. Маны таһынан улууска өссө икки ойуур баһаарын умулуннараллар. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.


Орто Халыма улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Руслан Гаврильев: «Сыбаатайга турбут уоту умулуннардыбыт, билигин онно 130 киһи уот иккистээн барбатын маныыр, кэтээн көрөр. Бүгүн бөртөлүөт кэлэрин күүтэбит, уон эбии үлэһит уонна туттар тэрил, ас кэлиэхтээх».

Кини этэринэн биир баһаар Өлөөкө Күөл таһыгар баар. Миэстэтигэр барыта 50-ча киһи үлэлии сылдьар. Билигин онно нэһилиэктэн биир килэмиэтирдээх сиринэн минерализованнай балаһаны хаһыы үлэтэ түмүктэнэн эрэр. «Балаһа устата түөрт миэтэрэ буолуохтааҕыттан үһүн бутэрдилэр», — диир солбуйааччы баһылык.

Эбээхтэн алта килэмиэтирдээх сиргэ уоту кытары охсуһууга отут киһи сылдьар диэн, Руслан Гаврильев СИАҕа кэпсээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА