Коронавирус ыарыыттан харыстанар туһуттан аҕа саастаах дьон дьиэҕэ олорор. Орто Халыма куоракка волонтердар штабтара кинилэргэ ас-таҥас атыылаһалларыгар, араас төлөбүрү оҥороллоругар күүс-көмө буолар.
Муус устар 15 күнүнээҕи туругунан, Орто-Халыматааҕы волонтердар штабтарыгар аҕа саастаах дьонтон 109 сайаапка киирдэ. Сайаапканан көрдөххө, кырдьаҕастар ордук маҕаһыынтан ас-таҥас, аптекаттан эмп-томп атыылаһарга көрдөһөллөр. Оттон сороҕор волонтердар кинилэр оннуларыгар ОДьКХ, уот, төлөпүөн төлөбүрүн уо.д.а. өҥөнү оҥороллор.
Волонтердар маасканы тигиинэн эмиэ дьарыктаналлар. Кырдьаҕастарга түҥэтэллэр.
Бу күннэргэ Орто Халыма олохтооҕо, «КОМПиК» маҕаһыын хаһаайына Вячеслав Волков Дьокуускай куораттан 450 харыстанар маасканы аҕалан улуус дьаһалтатыгар туттарда. Волонтердар 65-тэн үөһэ саастаах дьоҥҥо түҥэтэллэр. Бүгүҥҥү туругунан, 67 куорат олохтооҕор үстүү мааска буор-босхо бэрилиннэ, диэн суруйар https://ulus.media