22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Орто Халымаҕа Владимир Афанасьевич Григорьев ыалдьыттаата

18:17, 06 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

С.А.Новгородов аатынан «Бичик» национальнай кинигэ кыһата «Саха киэн туттар дьоно» диэн анал сериятыгар Саха сирин чулуу дьонун туһунан кинигэлэри таһаарар. Ааспыт сылга бу серия дьоруойунан СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ бэтэрээнэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Айылҕа харыстабылын туйгуна, Орто Халыма, Усуйаана, Кэбээйи улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо, Орто Халыма улууһугар Райком I сэкирэтээринэн, Райсовет бэрэссэдээтэлинэн, улуус баһылыгынан үс төгүл талыллан, кэлин СӨ Айылҕа харыстыбалын миниистиринэн үлэлээбит Владимир Афанасьевич Григорьев буолан, кини аатынан кинигэ күн сирин көрбүтэ.


Өскөтүн кини Кэбээйигэ биһигин ыйаабыт эбит буоллаҕына, Усуйаанаҕа уһаарыллыбыт, оттон Орто Халымаҕа тургутууну ааспыт сирэ буолар. Онон, хайаан даҕаны бу кинигэ сүрэхтэниитин салайааччы буолан үүнэн тахсыбыт Халыматын олохтоохторун иннилэригэр ыытар бигэ санаалаах, муус устар 1 күнүгэр ытык киһибит Орто Халымаҕа кэлэн барда.

Кини сатабыллаах салайыытынан дойдуга уларыта тутуу, дьалхааннаах 90-ус сылларга ыраах Орто Халыма оройуонун олохтоохторо сарсыҥҥыга эрэл санаалаах үлэлээбиттэрин курдук үлэлээбиттэрэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ биһиги оройуоммут биир бигэ тирэхтээх оройуон быһыытынан биллибитэ. Саамай сүрүнэ — тыа хаһаайыстыбата сатарыйбатын туһугар үлэ ыытыллыбыта.

Владимир Афанасьевич салайар кэмигэр улуус үрдүнэн 30-тан тахса бытархай хочуолунайдар үлэлииллэрэ. Олору бөдөҥсүтэн, социальнай объектары эрэ буолбакка, чааһынай дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ саҕаламмыта. Эр дьоҥҥо маһы кытта мосуһуу көҕүрээн, үлэ чэпчээбитэ. Ону кытта куоракка хочуолунайдар убаҕас уматыкка көспүттэрэ.

Энергетика салаатыгар эмиэ биллэр-көстөр уларыйыылар буолуталаабыттара. Ол курдук саҥа модульнай станциялар тутуллубуттара.

Орто Халыма куоратын тыа сиригэр тэҥниир сыалтан, оччотооҕу Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлигэр В.А.Штыровка киирэн, ону дакаастаан, куорат бюджетын тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ 25% эбии төлөбүр быһыытынан хамнастарыгар эбии ылар буолбуттара. Итини таһынан куоракка таас оскуола, медицина киинэ бэйэ күүһүнэн саҕаланан баран, кэлин өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүн ылан тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатыгар 90-ус сыллар бүтүүлэригэр Алаһыай, Берёзовка өрүстэргэ хас да сыл субуруччу халаан уута угуттаан, олус ыар кэмнэр бүрүүкээбиттэрэ. Ол кэмҥэ Владимир Афанасьевич хас биирдии нэһилиэккэ кэлэн балаһыанньаны, дьон санаатын истэн-билсэн барбытын түмүгэр, ууга ылларбыт ыал хас биирдии дьонун ахсаанынан харчынан көмө оҥоһуллубутун өйдүүбүн. Биллэн турар, ол улахан көмө этэ. Оттон хаһаайыстыбаларга кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар ыраахтан оту тиэйии үлэтэ ыытыллыбыта.

Өссө биир чаҕылхай уонна кэскиллээх дьаһалынан Берёзовка табаларын холбоон, судаарыстыбаттан үбүлэнэр хааһынай собуоту тэрийиини ааттыыбыт. Ону кытта ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр сылгы хаһаайыстыбатын тутан хаалар ининиттэн, Өлөөкө Күөлгэ Сылгы хааһынай Собуота тэриллибитэ. Ити түмүгэр үлэ миэстэтэ тахсыбыта, хамнас төлөнөр буолбута.

Ити эрэ буолуо дуо, кини муударай салайыытынан үгүс тутуу барбыта, айылҕа дьайыыларыттан кыайыылаах тахсыбыппыт. Онон Владимир Афанасьевич үтүөтүн-өҥөтүн киһи ааҕан сиппэт.

Бу күн кинини чугастык билэр ытык кырдьаґастар, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, улуус аґа баһылыга Евгений Слепцов уруйдуу көрүстүлэр. Кинигэтин сүрэхтэниитин кэмигэр үгүс киһи тыл этиннэ.

Оттон Владимир Афанасьевич салайааччы быһыытынан ситиһиилэрин кистэлэҥин бу курдук арыйда: «Мин, бастатан туран, норуот туох диирин истэр этим. Мин эрэ билэбин, мин эрэ этиим сөптөөх диэн олох санаабат этим. Ол курдук дьон бэйэтэ билэр буоллаҕа, хайдах буоллаҕына кинилэргэ чэпчэки, сөптөөх буоларын. Онон мин хас биирдии киһи санаатын истэн, олору биир сиргэ түмэн быһаарыылаах дьаһаллары ылынар этим. Ол да иһин биһиги барытыгар ситиһиилээх, кыайыылаах таҕыстахпыт«.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар