22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Орто Халымаҕа сэргэх быыстапкаҕа бастыҥынан Никита Попов ааттанна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Орто Халыматааҕы «Спектр» оҕо сайдар Киинигэр доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин оҕолорун быыстапкалара «Когда семья вместе, так и душа на месте» диэн девиһинэн бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна.


Инфекционнай отделение сэбиэдиссэйэ Евгения Еремеева этиитин коллегалара өйөөн, бу быыстапканы тэриллибит. Уопсайа 42 оҕо кытынна, 118 үлэ киирдэ. Оҕолор араас матырыйаалтан олус интэриэһинэй оҥоһуктары айан билиһиннэрдилэр. Ордук уруһуй өттүгэр элбэх үлэ баара кэрэхсэннэ.

«Биһирэбил» номинацияҕа уруһуйдьут Никита Попов тигистэ. «Талааннаах дьиэ кэргэн» номинацияны Третьяковтар дьиэ кэргэттэрэ ылла. Айылҕа харыстабылын улуустааһы инспекциятын анал бирииһин Алина Назарова тутта. Кыттыбыт оҕолорго барыларыгар анал ааттар иҥэрилиннилэр.

Маны таһынан «Дьиэ кэргэн альбома» сурунаал сүрэхтэннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар