Муус устар 5 күнүгэр Орто Халыма куоракка ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын чилиэттэригэр уонна тэрилтэ салайааччыларыгар СӨ Россиятааҕы ЫБММ Территориальнай органын салайааччытын солбуйааччыта Аркадий Саввинов салайааччылаах бөлөх команднай-штабной үөрэҕи ыытта.
Үөрэх кэмигэр сааскы халаан уутугар ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түбэлтэтигэр тэрилтэлэр төһө бэлэмнээхтэрэ, үлэ хайдах ыытыллыахтааҕа быһаарылынна.
Тэрилтэ салайааччылара үөрэх чэрчитинэн халаан уутун балаһыанньатын кытта билсиһэн баран, холобур, Халыма өрүс халаанын уута 1350 см тиийэр түгэнигэр, туох үлэ ыытылларын кэпсээтилэр.
«Кэлиҥҥи сылларга улуус дьаһалтатын таһаарыылаах үлэтин түмүгэ көстөр. Улахан үлэлэр ыытыллыбыттара биһирэнэр. Холобур, вертодром тутуллуута, дамба оҥоһуллуута. Бу биһиги инники этиилэрбитин, ирдэбилбитин толорбуттара үтүө түмүктээх буолуо. Биһиги улуус дьаһалтатын үлэтин өйүүбүт. Инникитин даҕаны өйүөхпүт», — диэтэ.
Аркадий Филиппович куорат дьаһалтатыгар дамба салгыы үрдэтиллиэн наадатын ыйда, ону таһынан Созонов уонна Портовской уулуссалар диэки муус харыытын кэмигэр мууһу хайытар тутуу (ледорез) оҥоһулларыгар, кутуу үлэтэ ыытылларыгар сүбэлээтэ. «Куорат дьаһалтата сөптөөх хайысханан үлэлиир. Онон, куорат дьаһалтатыгар нэһилиэнньэ эмиэ көмөлөһүөхтээх», — диэтэ.
Сүрүн үлэ сааскы ууну улахан хоромньута суох ыытыы буолар. Онон, нэһилиэнньэ туруктаах буоларын туһугар үлэ барыан наада.