22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Орто Халымаҕа инбэлииттэр спартакиадаларын ыыталларыгар спортивнай саала суох

15:06, 31 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 30 күнүгэр Орто Халыма куоракка үгэс буолбут улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон XI-с спартакиадалара буолан ааста. Быйылгы спартакиадаҕа куорат, Сыбаатай, Өлөөкө Күөлэ, Ойуһардаах, Сылгы Ыытар, Налимскай уонна Хатыҥнаах хамаандалара кэлэн кытыннылар.


35 киһи биир күн устата дуобакка, остуол тенниһигэр, ытыыга, дартска, хабылыкка, хаамыскаҕа уонна эр дьон бильярдка күөн көрүстүлэр.

Быйылгы күрэх саамай аҕа саастаах кыттааччыта, 78 саастаах Налимскай олохтооҕо Евдокия Шадрина: “Мин 11-дэ буолбут спартакиадаҕа биирдэ эрэ кыттыбатаҕым. Атыттарга барытыгар баарбын. Дуобаты сөбүлээн оонньуубун. Быйылгы күрэххэ үһүс миэстэ буоллум. Спартакиада сыл аайы буолара ордук. Манна күрэхтэһэ эрэ диэн буолбакка, бэйэ-бэйэбитин кытта көрсө, кэпсэтэ, саҥа дьону кытта билсэ кэлэбит. Урукку дьылларга хас биирдии хамаанда иккилии музыкальнай нүөмэрдээх кэлэн кэнсиэртиирбит. Уран тарбахтаахтар быыстапкалара тэриллэрэ. Оттон кэнники сылларга улууска үгүс күрэхтэһии ыытыллар буолан, спортивнай саала куруук иллэҥэ суох буолар”, — диэн санаатын үллэстэр.

Евдокия Александровна бэлиэтииринэн, спортивнай саала суоҕунан  быйыл спартакиадалара олох даҕаны “Спектр” оҕо сайдар киинигэр буолбут. Онон түгэнинэн туһанан киин дириэктэригэр Алевтина Петровнаҕа инбэлииттэри өйөөбүтүгэр махталын тириэрдэр.

Күн устата буолбут тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн, хамаанданан түмүк таҕыста. Ол курдук Орто Халыма куорат хамаандата эрэллээхтик бастаата. Сыбаатай уонна Сылгы Ыытар хамаандалара очукуолара тэҥнэһэн, хаачыстыбанан көрүү түмүгэр Иккис Мээтис нэһилиэгэ инники күөҥҥэ таҕыста уонна иккис миэстэни ылары ситистэ. Онон Бастакы Мээтис нэһилиэгэ үһүс миэстэ буолла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА