Эппиэтинэстээх дьону аныахха, дьиэ-уот биэриэххэ уонна биһирэбили олохтуохха. Үтүө санаа хамсааһына сайдарын туһугар маннык хардыылары оҥоруохха наада. Бу туһунан Егор Борисов муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын кытта ыыппыт мунньаҕар ыччат министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ эттэ.
“Оройуоннарга үтүө дьулуур киинэ тэриллиэхтээх. Бу хамсааһыҥҥа граннары ыларга көмөлөһүөххэ, үлэлиир дьиэлэрин-уоттарын тэрийиэххэ”, — ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр миниистири бастакы солбуйааччы Василина Лукина мунньахха кэпсээтэ.
Билиҥҥи туругунан миниистири бастакы солбуйааччы этэринэн, бары муниципальнай тэриллиилэргэ тэрийэр кэмитиэттэр тэрилиннилэр.
“Бу дьыалаҕа биһиги балайда уопуттаахпыт. Баһылыктар Үтүө дьулуур уонна волонтер сылын тэрээһиннэрин көхтөөхтүк өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Егор Борисов.