Дьокуускайга онкологическай киин тутуутун түмүктүүргэ РФ бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан 542 мөл. 378,5 тыһыынча солкуобайы эбии көрдүлэр. Ону тэҥэ 2023 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөҕүн модернизациялааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ 1 млрд 80 мөл. 870 тыһыынча солкуобай барыахтаах. Маннык дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаата.
Федеральнай үбү биэс оройуон киинигэр балыыһалаах комплекстары тутууга аныахтара– Бүлүүгэ 73 куойкалаах, балыыһатыгар 22 куойкалаах, поликлиникатыгар 104 — Муома Хонуутугар, 45 сытар миэстэлээх, 104 поликлиникатыгар — Уус-Майаҕа, Чурапчыга, ону тэҥэ Тааттаҕа 200 миэстэлээх поликлиника тутуутугар.