Мэлдьэхси нэһилиэгин сынньалаҥ киинэ «Омурҕан» бырайыагын Дьөһөгөй оҕотун көрө-истэ сылдьар сылгыһыт дьоҥҥо анаан ыытта. Өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан хаартысканан аһаҕас күрэх куйаар ситиминэн буолла.
Куонкурус өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит төрүт дьарыкпытын киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах ыытылынна. Сүрүн соруктарынан: тыа сиригэр олорор үлэһит дьону сырдатыы, Дьөһөгөй оҕото симэнэр сэбин-сэбиргэлин үйэтитии уонна сайыннарыы, саха эр киһитэ таҥнар таҥаһын киэҥ эйгэҕэ көрдөрүү буолар.
Кыттааччылар бары да уһулуччу буоланнар, дьүүллүүргэ судургута суох этэ. Бу ‒ бастакы саҕалааһын буолар.
«Бырайыакпар үлэлэспит дьоммор-сэргэбэр махтанабын. Аны сайын сайылыктары, ходуһалары кэрийэн үлэһит тыа сирин дьонун сынньалаҥын бииргэ атаарыахтаахпыт», — диэн суруйда Матрена Сыромятникова, «Омурҕан» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак ааптара https://www.instagram.com/gazetaerkeii/