Омскай куоракка олунньу 15 күнүттэн гиревой спорка Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии саҕаланыаҕа. Күрэхтэһии дойду регионнарыттан, ол иһигэр Саха сириттэн күүстээх спортсменнары түмүөҕэ, диэн СИА иһитиннэрэр.
Сүүмэрдэммит хамаандатын тренердэрин штабыгар иһитиннэрбитинэн, күрэхтэһиигэ Уус Алдан улууһуттан Валерий Слепцов (58 кг), Дария Черникова (63 кг үөһэ), Нерюнгри оройуонуттан Виталий Николаев (58 кг), Үөһээ Бүлүү улууһуттан Валерий Слепцов (58 кг) кыттыахтара. Кинилэр тренердэр Мария Морозова уонна Алексей Гоголев салалталарынан барыахтара.
Күрэхтэһии Арассыыйа 43 регионуттан 450-чэ спортсменын түмүөҕэ. Күрэхтэһээччилэри саастарынан уонна ыйааһыннарынан араарыахтара. Түмүккэ аан дойду күрэхтэһиитигэр кыттарга дойду сүүмэрдэммит хамаандатын састаабын талыахтара.