Саха сиринээҕи национальнай бибилэтиэкэ уонна ХИФУ тылга института олунньу 17 күнүгэр «Сахалыы диктант» аахсыйаны ыытыаҕа.
Тэрээһин ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр ананар.
Бибилэтиэкэҕэ дьыктаан суруйуутугар түөрт былаһаакка бэлэмнэниэҕэ. Тиэкиһи ХИФУ уонна национальнай бибилэтиэкэ сотрудниктара ааҕыахтара.
(4112) 455-855 бу нүөмэринэн эрийэн кыттаргыт туһунан биллэриҥ.
Аахсыйа быйыл 10 сылын ыытыллар.