Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Ийэ тыл күнэ. 1996 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
- ЮНЕСКО — Араадьыйа аан дойдутааҕы күнэ
- Армения — Терендез
- Мьянма — Оҕо-аймах күнэ
Түбэлтэлэр
- 1241 — Байдаар баһылыктаах монгуоллар этэрээттэрэ Краков бойобуодата баһылыктаах поляк рыцардарын уонна ополчениены Турско-Вельке сэлиэнньэ анныгар үлтүрүппүт.
- 1575 — Польша бүрүстүөлүттэн күрээбит Генрих III Франция хоруолунан бэргэһэлэммит.
- 1633 — Галилео Галилей Риимҥэ инквизиция суутугар тиийбит.
- 1849 — Митрополит Андрей Чагуна баһылыктаах дэлэгээссийэ Австрия импэрээтэригэр Франц Иосиф I Трансильвания, Баната уонна Буковина румыыннарын аатыттан Румыын наассыйатын билинэрин ирдиир петицияны туттарбыт.
- 1890 (урукку истиилинэн олунньу 1) — Дүпсүн улууһугар сыаркап приходун оскуолата аһыллыбыт.
- 1913 — 13-с Далай-лаама Тибиэт Манчжуурдар динаастияларыттан тутулуга суоҕун туһунан биллэрбит. Бу кэнниттэн Тибиэт 40-ча сыл тутулуга суох дойду быһыытынан олорбута.
- 1921 — Орто Халымаҕа I Халыматааҕы уезднай ревкомнар сийиэстэрэ буолбут, олунньу 16 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ булт-балык тэрээһинэ, үүт фермаларын тэрийии, электростанция, мас эрбиир уонна кирпииччэ собуоттарын, балыыһалар тутуулара ырытыллыбыттар.
- 1923 — Иван Строд кыһыл этэрээтэ Амма өрүһүн хочотугар киирэн Саһыл Сыһыы диэн сиргэ үрүҥнэри кытары кыргыспыт. Аатырбыт 18 хонуктаах Саһыл Сыһыы көмүскээһинэ саҕаламмыт.
- 1931 — Ииндийэ киин куората Калькуттаттан Саҥа Делигэ көспүт.
- 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ: Кыһыл аармыйа Будапешт куораты ылбыт, ньиэмэс уонна венгр сэриилэрэ бэриммиттэр.
- 1956 — Антарктидаҕа «Мирнэй» диэн сэбиэскэй станция үлэтин саҕалаабыт.
- 1960 — Франция ядернай дэлби тэптэрии тургутуутун оҥорон, ядернай сэрии сэптээх төрдүс дойду буолбут.
- 1984 — ССКП КК Генеральнай сэкиритээринэн Константин Черненко талыллыбыт. Кини бу солоҕо биир сыл кэриҥэ 1985 сыл кулун тутар 10 күнүгэр диэри олорбута.
- 2004 — Астрофизиктар аан дойдуга саамай улахан алмааһы булбуттар, ол үрүҥ карлик сулус BPM 37093 эбит. Сулуһу Beatles бөлөх ырыатыгар холоон «Люси» диэн ааттаабыттар.
- 2008 — Австралия премьер-миниистирэ Кевин Радд Австралия төрүт олохтоохторун уонна «уоруллубут көлүөнэлэр» иннилэригэр судаарыстыба буруйдааҕын билиммит уонна алы буолалларыгар көрдөспүт.
Төрөөбүттэр
- 1766 — Томас Роберт Малтус — Британия экэнэмииһэ.
- 1769 — Иван Крылов — нуучча суруйааччыта, публициһа.
- 1892 — Семен Новгородов — саха бастакы учуонай-лингивииһэ, саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн оруоллаах, сахалыы маассабай суругу-бичиги айбыт киһи, сахалыы бастакы букубаардар ааптардара. Кылгас кэмҥэ «Саха аймах» уопсастыба бэрэстээтэлэ. Кини аатын «Бичик» кинигэ кыһата уонна Чурапчы орто оскуолата сүгэллэр.
- 1898 — Исидор Барахов (Иванов) — Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, XX үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Кини аатын Үөһээ Бүлүү орто оскуолата сүгэр.
- 1915 — Аун Сан — Мьянма босхолонуутун хамсааһынын басхана, генерал, норуот дьоруойа.
- 1915 — Захар Саввин — 1950-1969 сылларга Саха АССР үөрэҕириитин миниистирэ, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала, Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- 1929 — Алексей Шадрин — 1997—2002 сылларга Чурапчы улууһун баһылыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Чурапчы улууһун ытык киһитэ.
- 1935 — Александр Захаров — Саха сирин үтүөлээх тутааччыта, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Амма улууһун уонна Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
- 1936 — Василий Егоров — Тумарча — Саха норуодунай суруйааччыта, геолог, 1984–1991 сылларга «Хотугу сулус» сурунаал эрэдээктэрэ.
- 1945 — Андрей Кобяков — суруйааччы, Кэбээйи улууһун Ытык киһитэ.
Өлбүттэр
- 1993 — Иван Кульбертинов — аатырбыт снайпер, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сэрии саамай бэргэн снайпердарыттан биирдэстэрэ (487 өстөөҕү кыдыйбыта ааҕыллыбыт).